☀Үтүө күнүнэн!
⠀
Эһиги «Сырдат»💡 диэн сахалыы подкаһы истэҕит.
⠀
Саҥа проект Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култууратын институтун кытары бииргэ оҥоһулунна. Тахсар күнэ – оптуорунньук.
⠀
🎙 Бүгүҥҥү «Тыл-өс култуурата» биэриибитигэр саха тылыгар түөлбэ тыллары чинчийбит лексиколог, учуонай, тыл билимин хандьыдаата Петр Савич Афанасьев «Саха билиҥҥи тыла. Лексикология» диэн кинигэтигэр синонимнар тустарынан суруйбутун ааҕан иһитиннэриэхпит. Биэриибит күннээҕи олоххо тылбытын байытан, туһааннаах синонимнары дьүөрэлээн, сөпкө саҥарарбытыгар көмөлөөх буолуо диэн эрэнэбит. Биэриини ыытар Үөһээ Бүлүүтээҕи П.Н.Тобуруокап аатынан сынньалаҥ киин дириэктэрэ Дмитрий Дьячковскай.